top of page

Нэһилиэк үтүө мааны үлэһит дьоно

1.Алексеев АК.jpg

           Алексеев Афанасий Кириллович

Россия, ССРС спордун маастара, көҥүл тустууга улуус 14 төгүллээх чемпиона, ветераннарга СР чемпиона, ветераннар аан дойдутааҕы чемпионаттарыгар

5-с миэстэлээх

Алексеев Николай Кириллович

математика профессора, спорт ветерана, самбо уонна көҥүл тустууларга ветеран, маастардарга аан дойду хас да төгүллээх чемпиона уонна призера,

улуус Бочуоттаах гражданина

3.Афанасьева ТГ.jpg

Афанасьева Татьяна Гаврильевна

өр сылларга үөрэммит оскуолатыгар пионербаһаатайынан, иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччынан үлэлээбитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна.

4.Бурнашева МН.jpg

Бурнашева Матрена Николаевна

учуутал, педагогическай үлэ ветерана,

РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР үтүөлээх учуутала

Винокурова Матрена Алексеевна

учуутал, педагогическай үлэ ветерана, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна,

Бочуот Знага орден кавалера,

улуус Бочуоттаах гражданина

Гоголев Николай Антонович

СГУ деканынан, проректорынан үлэлээбитэ,

историческай наука кандидата, профессор, көҥүл тустууга сахалартан бастакы

Россия чемпиона,

улуус Бочуоттаах гражданина

7.Дмитриева СМ.jpg

Дмитриева Светлана Михайловна

комсомольскай, партийнай үлэһит, Горнайдааҕы комсомол райкомун бастакы секретарынан, “Хатыҥ-Арыы” совхоз парткомун секретарынан, партия Намнааҕы

райкомун иккис секретарынанүлэлээбитэ

Евстафьев Алексей Егорович

художник, художниктар Союзтарын чилиэнэ,

АГИИиК доцена

Евстафьев Николай Андреевич

тутуу инженеринэн, ССКП Саха сиринээҕи обкомун тутууга отделын сэбиэдиссэйин солбуйааччытынан, “Якутколхозстрой” холбоһук    салайааччытынан үлэлээбитэ

Тыа хаһаайыстыбатын  туйгуннара

2.jpg

 "Дьулус – 97” б/х 1997 сыллаахха тэриллибитэ. Салайааччы Сивцев Михаил Петрович Россия бастыҥ фермера, СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СР Президенин Гранын хаһаайына,  Россия бааһынай хаһаайыстыбаларын 25 сьеһин кыттыылааҕа, Нам улууһун Ытык киһитэ.  Хаһаайыстыба  “ 2010 сыл бастыҥ бааһынай хаһаайыстыбата”, “Улуус бастыҥ оҕуруот хаһаайыстыбата”, “Бастыҥ хортуоппуй үүннэрээччи” номинациялар кыайыылаахтара.

Сүрүн дьарыктара: сүөһү иитиитэ, үүнээйини олордуу.

1.jpg

  “Дайыына”  б\х 1999 сыллаахха тэриллибитэ. Салайааччы Попова Надежда Ивановна  СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СР Президенин Гранын хаһаайката, “2012 – 2014 сылларга  дьиэ кэргэн фермаларын сайыннарыы” проектнай программа Гранын кыайыылааҕа.Таһаарыылаах үлэлэрин иһин Надежда Ивановна 2007 сыллаахха республика бааһынай хаһаайыстыбаларын 7 сьезтэрин делегата, улууска ” Сыл бастыҥ бааһынай хаһаайыстыбата” номинация хас да төгүллээх хаһаайката, СР вице – президенин Махтал Суругунан, предпринимательство министерствотын Бочуотунай грамотатынан уонна да үгүс грамоталарынан, Махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. Хаһаайыстыба сүөһү иитиитинэн, оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктанар

 “Шмидт”  б\х 1999 сыллаахха тэриллибитэ. Салайааччы тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, СР Президенин Гранын хаһаайына Уваровскай Григорий Григорьевич. Бастыҥ үлэтин иһин СР тыатын хаһаайыстыбатын министрин  Бочуотунай Грамотатынан, өр сыллаах үлэтин иһин  “Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин”  знагынан уонна да үгүс наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ. Хаһаайыстыба оҕуруот аһын үүннэриинэн, сүөһү иитиитинэн утумнаахтык дьарыктанар.

bottom of page